ГлавнаяИсполнителиАльберт УнаровОччоҕо (2012 Альбина Дегтярева тыл., Егор Неустроев муз.)
название:

Оччоҕо (2012 Альбина Дегтярева тыл., Егор Неустроев муз.)


автор:

Альберт Унаров


рейтинг: ★★★★★ / 5.5 / 1547 просмотров
Арай эн олоххор ыарахан күн үүннүн
Сирдэтэр халлааҥҥар хараҥа түүн буоллун
Ол онно эн санаар мин ыраас тапталбын
Эйиэхэ анаабыт мин истиҥ тылларбын
Арай эн олоҕуҥ нус бааччы уhуннун
Кыhалҕа биир кэмник эйигин тумуннун
Ол онно эн миигин дэн санаан аhараар
Олоҕу сыаналыыр дьоҕурбун күүhүрдэ
Оччоҕо мин тыгыам уот сулус буоламмын
Мунаарбыт эн суолгар иннигин сирдээммин
Эрэли күөдьүтэн санааҕын саймаардыам
Эрэйгин чэпчэтэн эйиэхэ күүс биэриэм
Арай эн олоххор дьол эрэ тосхойдун
Өрөгөй үөрүүтэ сүрэххин толордун
Ол онно эн миигин кыратык да санаар
Күүс биэрбит тапталбар истиҥник махтанаар
Оччоҕо мин тыгыам уот сулус буоламмын
Мунаарбыт эн суолгар иннигин сирдээммин
Эрэли күөдьүтэн санааҕын саймаардыам
Эрэйгин чэпчэтэн эйиэхэ күүс биэриэм
Мин ыраас тапталым

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Оччоҕо (2012 Альбина Дегтярева тыл., Егор Неустроев муз.)" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен