ГлавнаяИсполнителиЕкатерина уонна Алексей ЕгоровтарДЬОКУУСКАЙГА ХААР ТҮҺЭР
название:

ДЬОКУУСКАЙГА ХААР ТҮҺЭР


автор:

Екатерина уонна Алексей Егоровтар


рейтинг: ★★★★★ / 5 / 1019 просмотров
ДЬОКУУСКАЙГА ХААР ТҮҺЭР 
Михаил Тимофеев тыллара

Куба маҥан, кырса маҥан хаар
Көтө-дайа сыыйыллар.
Уулуссалар, болуоссаттар хаар
Үҥкүүтүнэн сырдыыллар!..
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Чуумпу, намыын хаар түһэр!..

Санаабытын, санныбытын хаар
Сылааһынан таарыйар:
Саха сирэ, саха тыата — хаар,
Саҥыйаҕа халыҥ хаар!..
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Ыраас, саҥа хаар түһэр!..

Кыһын тыынын, тымныы тыынын наар
Кыйдыы туруо субу хаар!
Үтүө билгэ, быйаҥ буолар — хаар,
Ыра санаа, эрэл баар...
Дьокуускайга хаар, хаар түһэр,
Кыппай манан хаар түһэр!..

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "ДЬОКУУСКАЙГА ХААР ТҮҺЭР" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен