ГлавнаяИсполнителиW1ldБаар Суох Сэгэрбэр
название:

Баар Суох Сэгэрбэр


автор:

W1ld


рейтинг: ★★★★★ / 5.2 / 1236 просмотров
Эн ырааҕын мин сүрэхпэр охсор
Дьыалабын бүтэрэммин эйиэхэ бара охсуом,
Хас үүммүт күн эйиигин күүппүтүм
Кыра оҕо курдук эрэйи көрөн бүппүтүм,
Ахтар этим сордонор этим
Хайдах таптыыргын дууһабар иҥэрбитим,
Эрэл санаам миэнэ күүстээх эйиэхэ
Көрсүһэр түгэммит  сотору кэлиэҕэ,
Ону эн эмиэ тулуйа кэтэс
Санааҕынан курус күннэри эс,
Билэҕин миигин хайдах таптыырбын
Түүннэри-күннэри эйиигин эрэ саныырбын,
Мин эмиэ билэбин итэҕэйэбин
Инникибэр ынырык эрэнэбин,
Ону эн эмиэ тулуйа кэтэс
Санааҕынан курус күннэри эс!

Күүтэр күннэрим  
Аҕаллыннар эйиигин,
Аттыгар суохпуна
Умнумаар эн миигин,
Эппэккэ биллэрбэккэ
Эйиэхэ кэлиэҕим,
Баар суох сэгэрбэр
Дьолу бэлэхтиэҕим...

Күнүм-ыйым таптыыр киһим
Мин олохпор эн эрэ буолаҕын,
Ахтар саныыр күндү киһим
Ис сүрэхпэр дьолунан туолаҕын,
Күнүм-ыйым таптыыр киһим
Мин олохпор эн эрэ буолаҕын,
Ахтар саныыр күндү киһим
Ис сүрэхпэр дьолунан туолаҕын...
Ис сүрэхпэр дьолунан туолаҕын...

Сааскы сөрүүн тыал түргэт бириэмэни
Ыларым суох мантан истиҥник эйиэнэбин,
Аналбын сөпкө таламмын астынабын
Аттыбар бааргыттан олуһун үөрэбин,
Таптыам эйиигин ис сүрэхтэн
Ытыскар дьоллоох олоҕу бэлэхтиэм,
Хомоппот хоргуппат буола сатыам
Сүрэххэр тапталы букатын иҥэриэм!

Күүтэр күннэрим  
Аҕаллыннар эйиигин,
Аттыгар суохпуна
Умнумаар эн миигин,
Эппэккэ биллэрбэккэ
Эйиэхэ кэлиэҕим,
Баар суох сэгэрбэр
Дьолу бэлэхтиэҕим...

Күнүм-ыйым таптыыр киһим
Мин олохпор эн эрэ буолаҕын,
Ахтар саныыр күндү киһим
Ис сүрэхпэр дьолунан туолаҕын,
Күнүм-ыйым таптыыр киһим
Мин олохпор эн эрэ буолаҕын,
Ахтар саныыр күндү киһим
Ис сүрэхпэр дьолунан туолаҕын...
Ис сүрэхпэр дьолунан туолаҕын...

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Баар Суох Сэгэрбэр" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен