название:
автор:
Киэһээҥҥи Бүлүү
автор:
Санита Ай
рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1443 просмотра
- Текст
- Открытка с текстом
Тиһэх сардаҥа тиэтэйэн Долгун устун ойуолуур, Ойон иһэн, бүдүрүйэн, Охтон ууну ойуулуур. Уҥуор эрдии элэҥниир, Тыы устан сундулуйар, Талаанныран килэҥниир - Бүлүү эбэм улуутуйар. Ыраас ууга сэрэнэн Ый алтанын суурайар, Кыыс ырыатыгар бигэнэн Киэһэ Бүлүүм нухарыйар.
А как ты думаешь, о чем песня "Киэһээҥҥи Бүлүү" ?