ГлавнаяИсполнителиЕкатерина уонна Алексей ЕгоровтарМахтал эйиэхэ, Сахам Сирэ
название:

Махтал эйиэхэ, Сахам Сирэ


автор:

Екатерина уонна Алексей Егоровтар


рейтинг: ★★★★★ / 5.3 / 1285 просмотров
МАХТАЛ ЭЙИЭХЭ, САХАМ СИРЭ! Печать    
Леонид Попов тыллара 

Махтал эйиэхэ, Сахам сирэ!
Ийэ буоргар миигин төрөппүккэр,
Ийэлии эйэҕэс көрө-истэ,
Иһирэх тыллары эппиккэр!

Хос ырыата:

Махтал буоллун эйиэхэ, Саха Сирэ!
Утахпын ханнарбыт уйгулаах уугар,
Аһаппыт-сиэппит көтөр-сүүрэр,
Булкар-аскар, ойуургар, хонуугар!

Махтал эйиэхэ, Сахам Сирэ!
Кыталыгыҥ ыллыыр мин сүрэхпэр,
Бу махтал эйиэхэ, Сахам сиригэр!
Аар-аҕам, күн-ийэм буолбуккар!

Хос ырыата.

Махтал эйиэхэ, Сахам Сирэ!
Дьолбун үөрүүбүн толору биэркэр,
Мин төрүөм этэ Сахам сиригэр,
Иккистээн төрүүрүм да буоллар!

Хос ырыата.

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Махтал эйиэхэ, Сахам Сирэ" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен