ГлавнаяИсполнителиНеизвестенДьоннор олороллор тугу да билбэккэ
название:

Дьоннор олороллор тугу да билбэккэ


автор:

Неизвестен


рейтинг: ★★★★★ / 5.5 / 1456 просмотров
Дьоннор олороллор тугу да билбэккэ
Икки араас эҥэргэ, икки биэрэккэ
Кэхтэн эрэллэр кэрэни кэтэhэллэр
Сырдыкка эрэнэллэр бары 
Ол эрэн дойдум миэнэ уларыйдыҥ эн бүгүн
Аламай күн анныгар олордубаттар сүгүн
Киинтэн эрэ кэлэн күрэтэллэр эн баайгын
Ким туhунан этэрбин таайдыҥ дуо?
Сатаан салайбакка сылайаллар өссө
Улуус үрдэ улуу сылдьар көтөхсө
Күн ахсын үөхсүү да өлөрсүү
Өрөсүhэр күүс суох тохтоо түксү!
Эдэр ыччат дойду туhугар хобдоҕу аддьат 
Көрбөккүн дуо эн илиигэр баар кэскил
Баар буоллун бу сиргэ таптал, эйэ уонна ил
Кыhыыта бэт абата да бэт
Yс киhиттэн үсүhэ сахалыы билбэт
Кини буруйа суох кинини ким да үөрэппэт
Ол эрэн итинэн ити бүппэт
Итэҕэли сиргэ тэпсэн турабыт
Күн ахсын үтүөнү түстүөх буолабыт
Онтубут ханна баар? көстүбэт эбит
Сүтэрэбит сүтэбит
Саха буолан күн сирин көрбүтүм
Сахалыы этэбин хомолтобун үөрүүбүн
Саха сиэринэн сир үрдүгэр сылдьабын
Саха буолан күн сирин көрбүтүм
Сахалыы этэбин хомолтобун үөрүүбүн
Саха сиэринэн сир үрдүгэр сылдьабын
Саха киhитэ! 
Биирдэ бэриллэр олоххо сиэрдээх буол!
Аламай күн анныгар чөл буол!
Ийэ сир үрдүгэр чэгиэн буол!
Киэҥ туттабын хайа да халлаан анныгар!

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Дьоннор олороллор тугу да билбэккэ" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен