ГлавнаяИсполнителиСир ДьоноБар Дьоммор(feat. Василий Тутукаров)
название:

Бар Дьоммор(feat. Василий Тутукаров)


автор:

Сир Дьоно


рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1382 просмотра
Мин туораттан коробун чугас дьоммун
Ийэлээх А5абын бэйэм до5отторбун
Мичээрдэрин коробун олус астынабын
Кинилэргэ мин дьолу эрэ ба5арабын

Саныыбын о5о сааспын оонньоон атаарбыппын
Бастакы сурэх ыарыыта таптал буолбутун
Сайыhа ахтабын ааспыт кэми
Тургэнник да5аны олохпут устар эбит

Бу дойду кэрэтин барытын дьоннорбор мин аныам
Истин иhиирэх тыллары эhиэхэ аныам
Сибэккилээх кырдалы халын ойуур тай5аны
Барытын ийэм а5ам иннигэр уунуом

Бастатан туран умнуом суо5а до5отторбун
Миэхэ илии атах буолан улааппыт дьоннорбун
Бастатан туран умнуом суо5а до5отторбун
Миэхэ илии атах буолан улааппыт дьонну

Мин ырыабын барытын аныыбын бар дьоммор
Ис сурэхтэн тахсар тыллары бэлэх курдук оноруом
Олох кэрэ костуулэрин дьолбут сырдык иэйиилэрин
Мин сурэхпэр чугас дьоммор эhиэхэ5э бэлэхтиэм

Эн олох хомойума олох бугун тохтообот
Оссо да уйэлэр тухары бара туруо
Мас ко5орон ситиэ оруспут устан иhиэ
Сулуспут ыйбыт куммут сырдыктык тыгыа

Мин сурэхпин уоскутар чыычаах ырыалара
Дууhабын таарыйар тыалбыт сипсийэрэ
Ити барыта биhиги дойдубут кэрэлэрэ
Бу дойдуга биhиги олохпут аргыстара

Дьыл5а хаан истэр корор сирдиир
Биhиги олохпут кэскилин харыстыыр
Эн суолгун уоhэттэн куммут сырдата тыгар
Онтон харана тууннэ сулуспут арыаллыыр

Ба5арабын бу дойдуга эйэ оро кордун
Бары бииргэ тутуhан оруу кулэ уорун
Олоххут инники сыалларын ситиhин
Туора охтуман коно суолу тутуhун

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Бар Дьоммор(feat. Василий Тутукаров)" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен