ГлавнаяИсполнителиАнгелина ФайрушинаДоҕорбор (пианино)
название:

Доҕорбор (пианино)


автор:

Ангелина Файрушина


рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1391 просмотр
Соҕотох аналбын, олохпун аныыбын
Күн тэҥэ киһибэр эйиэхэ,
Олоҕум сырдыгын, кэрэтин, барытын
Эйиэхэ бэлэхтиэм, доҕоруом.

Оччоҕо тулабар эргиччи,
Күлүмнэс уотунан сырдыаҕа,
Күн көмүс утаҕар сөтүөлээн,
Дьоллоохпун диэнэҕим олохпор.

Сүрэҕим сүппэтэх кистэлэҥ таайытын
Эйиэхэ аһыаҕым, доҕоруом.
Эриэккэс дьылҕабын эйиэхэ бэлэхтиэм,
Эрэнэр киһибэр, эйиэхэ.

Оччоҕо тулабар эргиччи,
Күлүмнэс уотунан сырдыаҕа,
Күн көмүс утаҕар сөтүөлээн,
Дьоллоохпун диэнэҕим олохпор.

Дьол көмүс уйатын кэнчээри ыччатын,
Аанньалбыт арыаллыа, арчылыа.
Дууһабыт иэйиитин, имэҥин харыстаан,
Өйөһөн, өйдөһөн олоруох.

Оччоҕо тулабар эргиччи,
Күлүмнэс уотунан сырдыаҕа,
Күн көмүс утаҕар сөтүөлээн,
Дьоллоохпун диэнэҕим олохпор.

Дьоллоохпун диэнэҕим олохпор.

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Доҕорбор (пианино)" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен