ГлавнаяИсполнителиГаврил НиколаевЭргэрбит хаартыскалар
название:

Эргэрбит хаартыскалар


автор:

Гаврил Николаев


рейтинг: ★★★★★ / 5 / 985 просмотров
1. Эргэрбит хаартыскалары эмиэ ылан көрөбүн
Эргийбэт дьоллоох сылларбын эймэнийэ ыллыыбын
Санаан кэллим оҕо сааhым саппаҕырбат кэмнэрин
Саарыгырар саҕахтарын, сырдык бэлиэ күннэрин

П-в Оспот баастыы, одун тыллыы
Отой хаалбат оҕо сааhым
Куппун-сүрбүн кутурутан
Куруук аймыыр кулуhунум

2. Эгргиллэбин мин санаабар элэккэй оҕо сааспар
Эйэлээх кэрэ сылларбар, эриэккэс ахтылҕаммар
Эргэрбит хаартыскалары эмиэ ылан көрөбүн
Эргийбэт дьоллоох сылларбын, эрэллээх доҕотторбун

П-в Дьоллоох буолун доҕотторум
Дьоhун-мааны дьон дэтиҥ
Ыра санаам ырыатыныы
Ыраас сырдык ыллыктаныҥ

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Эргэрбит хаартыскалар" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен