ГлавнаяИсполнителиНеизвестенЭн истиий, до5оччуогум
название:

Эн истиий, до5оччуогум


автор:

Неизвестен


рейтинг: ★★★★★ / 4.7 / 744 просмотра
Эн истиий, до5оччуогум, 
Ыллыыр ырыам тылларын. 
Эн истиий до5оччуогум, 
Ахтыл5аным иэйиитин. 
Этимэ, этимэ 
Быстах ааhар кvлvм таптал диэн. 

Хос ырыа: 
Кордоhобvн, vрэйимэ 
Таптыыр сvрэх кvvрээнин, 
Кордоhобvн, vргvтvмэ 
Дууhам сырдык сvvрээнин.
Мин саныыр санааларым 
Толорулар эйигиннэн, 
Мин ыллыыр ырыаларым 
Ананаллар эйиэхэ. 
Этимэ, этимэ 
Быстах ааhар кvлvм таптал диэн, 
Этимэ! 

Эн эрэ мичээргинэн 
Тулам тупсар, киэркэйэр, 
Эн эрэ тапталгынан 
Дьыл5ам миэнэ дьоллонуо. 
Этимэ, этимэ 
Быстах ааhар кvлvм таптал диэн, 
Этимэ!

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Эн истиий, до5оччуогум" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен