ГлавнаяИсполнителиБайбалБаар миэхэ
название:

Баар миэхэ


автор:

Байбал


рейтинг: ★★★★★ / 5.3 / 1278 просмотров
Күөх халлаан курдук ыраас
Сааскы күн курдук сылаас
Килбик иэйэр дууһалаах
Баар миэхэ мин күндү ийэм
Күнү сырсар соруктаах
Дьолу көрдүүр аналлаах
Инникигэ эрэллээх
Баар миэхэ мин ыра санаам

Баар миэхэ күндү ийэм
Баар миэхэ ыра санаам
Баар миэхэ күндү ийэм
Баар миэхэ ыра санаам

Ыллыыр туойар баҕалаах
Күлэр үөрэр тускулаах
Мэлдьи олох аргыстаах
Баар миэхэ мин үрдүк дьолум
Сылааһынан угуйар
Сырдыгынан ыҥырар
Арҕаа киирэр илин тахсар
Баар миэхэ аламай күнүм

Баар миэхэ үрдүк дьолум
Баар миэхэ аламай күнүм
Баар миэхэ үрдүк дьолум
Баар миэхэ аламай күнүм

Ачаҥ оттоох алаастар
Киэҥ долгуйар өрүстэр
Солко хатыҥ чараҥнар
Баар миэхэ төрөөбүт буорум
Сүрэхпин сүүйэр алыптаах
Күүспэр өссө күүс эбэр кыахтаах
Сахалыы төрүт тыллардаах
Баар миэхэ мин аргыс ырыам

Баар миэхэ төрүт буорум
Баар миэхэ аргыс ырыам
Баар миэхэ төрүт буорум
Баар миэхэ аргыс ырыам
Баар миэхэ аргыс ырыам!

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Баар миэхэ" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен