ГлавнаяИсполнителиЖеня Колесов и Уля ДорофееваЭн эрэ
название:

Эн эрэ


автор:

Женя Колесов и Уля Дорофеева


рейтинг: ★★★★★ / 5.6 / 1553 просмотра
Дууhам миэнэ итэ5эйбэт,
Аны эн суоххун,
Эн эрэ мин саналарым,
Ыытаммын мин
Кердеhубун эйиигиттэн мин
Бырастыы гын эн миигин,
Кэлбитин миэхэ эн эрэ,
Эн эрэ.

Оннук буолбута ону билэбин,
Ол эрээри умнуллубат, сотуллубат,
Хаар курдук ууллубат.
Куннэр-дьыллар сэбирдэхтии кеттехтере,
Тыалы кытта дайдахтара.
Ол курдук туппат сурэх сурэ5им тугэрэр.
Ыарахан ба5айтык санаам буhан хаалбаттар,
Ейдуубун бутэhик керсуспут куммутун
Ейдеебун бутэhик уураспыт тугэммитин,
Ейдуубун бутэhик эппит тылларгын:
"Сылдьан бутуеххэ" - диэн,
"Эйиигин астыммаппын" - ол диэн ессе
кырата,
"Атын уолу таптыыбын". Умса керен турабын,
Харахпыттан уу суурэр, сурэ5им хам тутар,
Хайдах буоларбын билбэппин,
Этэр тылым барыта "бырастыы гын".
Миигин быра5ан барыма со5отох,
Хааларыма кыыс, мин эрэ хаалбытым
Харан уутун оргууй соттон,
Оргууй соттон...

Хос ырыата.

То5о эрэ итэ5эйбэппин
Эн миигиттэн барбыккын
Бириэмэ тургэнник да барар эбит:
А5ыйах хонук аннараа еттугэр
Утарыта тураммыт таптыыбыт дэhэммит,
Илииттэн тутуhан, уураhан бараммыт,
Киэhэтин керсуhэр буоларбыт,
Харахха таптал уота сырдаан тустэ,
Кыбыстардыы буоларын аахпакка
То5о эрэ ейбуттэн тахсыбат
Ол куннэр, ол дьыллар, ол кэмнэр.
Билигин онтон хайдах
Иннигин билбэт киhи курдук кере5ун,
То5отун билэбин, ыйыта барбаппын,
Таптал уота умуллубут, харана5а баттаппыт,
Ону билэбин, эн эрэ миэхэ со5отоххун.
Сурэ5им иэйиитэ, оло5ум аргыhа буола5ын
До5оруом истэ5ин дуо, "мин эйиигин
таптыыбын"-
Диэн тылларым ханна бардылар,
Ханна бардылар...

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Эн эрэ" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен