ГлавнаяИсполнителиW1ld ft.Ефим АвеловЭрэллээх Таптал
название:

Эрэллээх Таптал


автор:

W1ld ft.Ефим Авелов


рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1356 просмотров
Мантан барар түгэммэр үөhээ күн буолан тыгыаҕым 
Алаас тула хонууга, сибэкки буолан үүнүөҕүм ,
Сулустардаах түүннэргэ ый буолан суолгун ыйыаҕым 
Нарын – намчы кыысчаанна ырыабын ыллыы туруоҕум 

Халлааҥҥа түннүктэн көрөбүн сулустары 
Уу чуумпу уунан ыраах эмиэ мин устабын,
Эйигиттэн тэйэммин сылдьабын ыалдьаммын 
Кэтэһэр киһим баар буолан тохтоло суох ахтабын, 
Тулуйарбын аастым тоҕо ыараханый соҕотох 
Эйиэхэ эрэл наада тылларым албын буотах ,
Ахтылҕан ыарыыта суох сотору эмиэ симэлийиэҕэ 
Эрэниий миэхэ сыһыаммыт кытааттаҕа биһиэхэ,
Эйигин сүтэрбэтим туһунан күөрэгэй ыллыаҕа 
Эн курдук кыыһы танара биэрбэт хас биир киһиэхэ, 
Мин курдук хорсун уолан эйиигин таптыыра дьиҥнээх 
Эн аттыбар бааргына халлааммыт барахсан күннээх,
Эн хайдаххын таайаммын иккис сүрэҕим буоланнын 
Дойдубар илдьэ бараары күүтэбин кэлэр сайыммын,
Эн эрэ мин сүрэхпэр олох устунан букатын 
Эйиигин ис сүрэхтэн иэйэн тураммын таптаатым...

Припев: 
Мантан барар түгэммэр үөhээ күн буолан тыгыаҕым 
Алаас тула хонууга, сибэкки буолан үүнүөҕүм ,
Сулустардаах түүннэргэ ый буолан суолгун ыйыаҕым 
Нарын – намчы кыысчаанна ырыабын ыллыы туруоҕум 

Сырдык сылаас мичээрбин салгыбакка бэлэхтиэм 
Ардах самыыр буоламмын алгыы тулаҕын сууйуоҕум,
Күннээх кырдал үрдүгэр күлэ-үөрэ күүлэйдиэҕим
Кэрэ кыыһы эйиигин үөһэ сылдьан харыстыаҕым...

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Эрэллээх Таптал" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен