ГлавнаяИсполнителиЛэгэнтэйОл саха буолбатах
название:

Ол саха буолбатах


автор:

Лэгэнтэй


рейтинг: ★★★★★ / 4.7 / 664 просмотра
Куйуурдуу киирээҥҥин
Ойбону алларан
Балыгы тэптэрэр
Биир үтүө түгэни
Этинэн хаанынан 
Билбэккэ улааппыт
Балыксыт буолбатах

Муҥхалыы сылдьаҥҥын
Тоҥоҥҥун хатаҥҥын
Тахсыы чагдааты
Кэтэһэр манаһар
Күүтүүлээх тугэни
Долгуйа күүппэтэх
Эр киьи буолбатах

Хос ырыата
 
Өбүгэ үгэһин
Байанай алгыһын
Булт мындыр курэҕин
КыраҺа суругун
Уолугар көрдөрбөт
Уһуйбат такайбат
Ол саха буолбатах
Ол саха буолбатах

Андыбыт барахсан
Аатыран арбанан
Үс төгүл куугунаан
Үөһээттэн түһэрин
Отууга олорон
Билбэтэх көрбөтөх
Ол сааһыт буолбатах

Ыт үрэр моргуорун
Ыраахтан истибэт
Байанай барахсан
Баатыттан туһаммат
Аал уотун иччитин
Алгыстаан аһаппат
Ол булчут буолбатах

Хос ырыата
 
Өбүгэ үгэһин
Байанай алгыһын
Булт мындыр курэҕин
КыраҺа суругун
Уолугар көрдөрбөт
Уһуйбат такайбат
Ол саха буолбатах
Ол саха буолбатах

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Ол саха буолбатах" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен