ГлавнаяИсполнителиСемен Данилов/Алексей ЕгоровМИН ДОЙДУМ
название:

МИН ДОЙДУМ


автор:

Семен Данилов/Алексей Егоров


рейтинг: ★★★★★ / 5.3 / 1264 просмотра
Бу далай, бу халлаан сарыала, 
Сүрэҕи угуттуур күөх салгын, 
Бу уйгу ыһыаҕын чараҥа. 

Хос ырыата: 

Барыта эн эбээт, мин дойдум! 
Барыта мин дойдум — Сахам Сирэ. 

Бу өлгөм үүнүүлээх алаастар, 
Бу саһыл сыһыылар, толооннор, 
Бу көмүс үктэллээх хайалар. 

Хос ырыата. 

Бу мичил күн түһэн саатаабыт 
Киэнтэн киэҥ уорҕалаах сир-дойду, 
Бу «кэхтэр» диэн тылы сатаабат. 

Хос ырыата. 

Үлүскэн үөрүүбүт, бу дьолбут 
Бу айар үлэбит тэтимэ, 
Бу ыллыыр ырыабыт көҥүһэ. 

Хос ырыата.

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "МИН ДОЙДУМ" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен