ГлавнаяИсполнителиНикифор СемёновКүннэтэ күүтэбин
название:

Күннэтэ күүтэбин


автор:

Никифор Семёнов


рейтинг: ★★★★★ / 4.9 / 903 просмотра
Саҥа күн ол ааспыт сайына,
Сайынын саймаархай салгына,
Сибэкки сиэдэрэй сыhыыны,
Симэммит сир-дойду кэрэтин,
Арай мин суохтуубун эйигин
Эн үтүө амарах бэйэҕин,
Ардахтаах силбиктээх күннэргэ
Амарах бэйэҕин суохтуубун

Күннэтэ күүтэбин
Күн курдук бэйэҕин,
Куннэтэ күүтэбин
Эн тиийэн кэлэргин,
Сүрэхпин уоскута,
Дууhабын манньыта
Хаhан эн кэлэҕин?

Күөх сайын күндээрэн бүтүүтэ
Күһүммүт күлүмнээн кэлбитэ
Хара хаас көбүөрү тэлгэнэн
Сир ийэ кыстыкка иһийэр
Арай мин суохтуубун Эйиигин
Эн үтүө амарах бэйэҕин
Ардахтаах силбиктээх күннэргэ
Амарах бэйэҕин суохтуубун

Күннэтэ күүтэбин күн курдук бэйэҕин
Күннэтэ күүтэбин эн тиийэн кэлэргин
Сүрэхпин уоскутан дууһабын манньытан
Хаһан эн кэлэҕин

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Күннэтэ күүтэбин" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен