ГлавнаяИсполнителиБайбалУөрүүлэр үөрүүлэрэ
название:

Уөрүүлэр үөрүүлэрэ


автор:

Байбал


рейтинг: ★★★★★ / 5.3 / 1330 просмотров
Тоҕо түргэн сулустар
Суолбун туора сүүрэҕит?
Сиргэ тоҕо дьулуста
Халлааннааҕы сүрэҕим?

Тоҕо күлэр күнүстэр
Хара түүнү куустугут?
Сиргэ тоҕо бу түстэ
Кыырай халлаан кустуга?

х\ы
Туохтан тоҕо бу манна
Күлүм ойдо күн күнэ?
Саныыр санаам сайынна,
үрдүк үөрүүм үлүннэ?

2) Туохтан көр-нар мустубут,
Туойар долгун устубут
Күлүктэрэ көстубэт
Күндү мааны дойдубут

Маннык дьикти, кэрэ бэт
Сибэккиннэн хойдубут?
Дьэ бу туохтан буолтун эт.
Кэпсээ-туохтан бу буолла

3) Тоҕо кэрэ кыргыттар
Кэккэлэһэр буоллугут?
Биэрэктэртэн, кытылтан
Миигин кэлэн буллугут?

Тоҕо мааны дьахталлар
Тоҕуоруһан тахсаллар?
Тоҕо сырдык тапталлар
Сүрэхтэргэ сапталлар?

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Уөрүүлэр үөрүүлэрэ" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен