ГлавнаяИсполнителиTyas-uusБытарыйыам (prod. by Invent)
название:

Бытарыйыам (prod. by Invent)


автор:

Tyas-uus


рейтинг: ★★★★★ / 5.5 / 1504 просмотра
Мин эйиэхэҕэ тыгыаҕым
Сылаас күн сардаҥатынан,
Мин эйигинин буолуоҕум
Салгыҥҥа кубулуйан.
Мин эйиэхэҕэ ардыаҕым
Кыһыл сибэккилэринэн,
Эйигин мин ситиһиэҕим
Тапталбынан

хос ырыата:
Мин бытарыйыаҕым
Түүҥҥү халлааҥҥа умайар сулустарынан,
Мин бытарыйыаҕым
Ханна эрэ ыраах устар былыттарынан,
Мин бытарыйыаҕым
Тыһыынчанан ардах таммахтарын кэриэтэ,
Мин бытарыйыаҕым,мин бытарыйыаҕым.

Эн аатыҥ - Чуҥкуйбут кыысчаан,
Мин аатым - Бэһиэлэй уол,
Кэлбитим олус хойутаан,
Бырастыы гынарыҥ дуо?
Көрсүспэккэ көрсүһүөхпүт,
Кэпсэппэккэ кэпсэтиэхпит,
Ол бииргэ буолар күммүтүн
Кэтэһиэхпит.

хос ырыата:
Мин бытарыйыаҕым
Түүҥҥү халлааҥҥа умайар сулустарынан,
Мин бытарыйыаҕым
Ханна эрэ ыраах устар былыттарынан,
Мин бытарыйыаҕым
Тыһыынчанан ардах таммахтарын кэриэтэ,
Мин бытарыйыаҕым,мин бытарыйыаҕым.

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Бытарыйыам (prod. by Invent)" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен