название:
автор:
Чуумпу күөх муора
автор:
Руслан Платонов уонна Юлиана
рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1361 просмотр
- Текст
- Открытка с текстом
Сүрэҕим сөбүлүүр, хараҕым харыстыыр, Сырдык санаам эйигин куруутун саныыр. Дууһам миэнэ эйигин, эйигин эрэ Ордорон талбыта, сөбүлээн барбыта. Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт, Аттыбар эн баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт, Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин, Эн мин олоҕум таабырынаҕын. Эйигин эрэ хоһуйан ыллыыбын Бу тапталым туһунан арылхай ырыабар, Эн ааккын эрэ, доҕоруом, аныаҕым, Түүҥҥү сырдык халлаан сулуһун суһума. Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт, Аттыбар эн баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт, Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин, Эн мин олоҕум таабырынаҕын. Сүрэҕим сөбүлүүр, хараҕым харыстыыр, Сырдык санаам эйигин куруутун саныыр. Дууһам миэнэ эйигин, эйигин эрэ Ордорон талбыта, сөбүлээн барбыта. Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт, Аттыбар эн баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт, Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин, Эн мин олоҕум таабырынаҕын. Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт, Аттыбар эн баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт, Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин, Эн мин олоҕум таабырынаҕын.
А как ты думаешь, о чем песня "Чуумпу күөх муора" ?