ГлавнаяИсполнителиМаахтаЭн миигин ( Cha-4-Anda Records)
название:

Эн миигин ( Cha-4-Anda Records)


автор:

Маахта


рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1389 просмотров
Саҥа кэм саҥа үктэл саҥа олох саҥа сүктэл
сытар санаа сүтэр саҥа санаа саhан үтэр
саас кэлэр тыал үрэр сүрэх тэбиитэ күүhүрэр
тапталлаахтар сиэттиhэн хаамсаллар үтүктүhэн
күнтэн күн кыччаан иhэр аччаан иhэр олохпут чааhа
ону ол диэбэппит билбэппит даҕаны өй чычааhа
ким чычааҕар күн чычааҕа буолан баар буолар күн аайы
ким чычааҕар ый чычааҕа буолан баар буолар түүн аайы
кэллин аайы күндү баайын курдук көрсөрө бу баара
аара хаара уута тохтотуо да суоҕа туох да маара
ким да буоллун туох да буоллун көрбөккүн эн атын уолу
кини эрэ баар кини эрэ хаар үктээн булбут сүрэххэр суолу
туох да буоллун кэннигэр эн иннигэр онтун сотуута
дьылҕа суолун туора ойуута баар буолуута дьол туолуута
дьон куруутун туох баҕар тугу баҕар этиэхтэрэ
кэпсиэхтэрэ кэпсии сылдьыахтара кэпсээтиннэр ол туох да диэтиннэр

*******

Эн миигин ким диигин
сэрэнэн сиэттэрбин илиигин
билиниэн дуо билиниэн дуо
эн миэхэ сипсийэн этиэн дуо

*******

Төhө да сир көхсө киэҥ эн уонна мин эн биhи иккиэн
бииргэ буолуохпут иккиэн эн буолаҕын мин сибэкким
сырдыкка сирдиир соҕотох суолдьут доҕоруом эн эбиккин
мин сулуhум буол мин суругум тиий мин туспунан өссө тугу билбэккин
мин кистиэм суоҕа эйигиттэн тугу да тугу барытын кэпсиэм
мин эстиэм суоҕа биhигиттэн төhө да этистэрбит истиэм
эн санааҕын эн былааҥҥын эн толкуйгун эн халлааҥҥын
мин сылдьыам куруук ыраастыы эн былыттаргын ыhыам араастык
күн дьыл аастын эн сылааскын уларытыам суоҕа хайа да кырааскаҕа
хайа да кыыска хайа да сыыска эн сурэҕин баар мин ытыспар
оспот баас диэн суох ону билэбин
хоскор саспыт дууhам этэбин
итэ5эйэн эрэбин дьиҥ тапталга
биир тапталга дьылҕам махтал
итэҕэй миэхэ көрдөhөбун мин көрдөрөбун мин хайдахпын бэйэбин
эйигин таптыы сыллыы сылдьыам этэбин ол иhин кэлэбин
билэбин үөрэбин эйигин көрөммун бэйэбин булабын бэриниим эрэниим
сэгэриим сэрэнэн сэгэтэн сэрэтиим сэhэним симэтин ситэрэн ситэриим

******

Эн миигин ким диигин
сэрэнэн сиэттэрбин илиигин
билиниэн дуо билиниэн дуо
эн миэхэ сипсийэн этиэн дуо

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Эн миигин ( Cha-4-Anda Records)" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен