название:
автор:
До5орбор
автор:
Ангелина Файрушина
рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1420 просмотров
- Текст
- Открытка с текстом
1.Соҕотох аналбын, олохпун аныыбын Күн тэҥэ киһибэр – эйиэхэ. Олоҕум сырдыгын кэрэтин барытын Эйиэхэ бэлэхтиэм доҕоруом. Хос ырыата: Оччоҕо тулабар эргиччи Күлүмнэс уотунан сырдыаҕа, Күн көмүс утаҕар сөтүөлээн Дьоллоохпун дэниэҕим олохпор. 2. Сүрэҕим сүппэтэх кистэлэҥ таайыытын Эйиэхэ аныаҕым доҕоруом, Эриэккэс дьылҕабын эйиэхэ бэлэхтиэм Эрэнэр киһибэр эйиэхэ. 3. Дьол көмүс уйатын, кэнчэээри ыччатын Аанньалбын арыаллыа арчылыа, Дууһабыт иэйиитин, имэҥин харыстаан Өр да өр өйдөһүөх, олоруох.
А как ты думаешь, о чем песня "До5орбор" ?