ГлавнаяИсполнителиБайбал СэмэнэпХайыан этэй
название:

Хайыан этэй


автор:

Байбал Сэмэнэп


рейтинг: ★★★★★ / 5 / 1035 просмотров
Хайыан этэй утары илиибин уунаммын
Эн нарын санныгын таарыйдахпына
Хайыан этэй умнубут ааккын ааттаан
Эйэ5эс дьикти киэьээ ынырдахпына

Хайыан этэй этиий миэхэ
Хайыан этэй? 

Хайыан этэй эйиэхэ мин чугаьаан
Харахтаргын утары кердехпунэ
Хайыан этэй эн аттыгар олорон
Хаьан эрэ ыллаабыт ырыабын туойдахпына

Хайыан этэй этиий миэхэ
Хайыан этэй? 

Хайыан этэй эйигин кытары
Ол чаранна сэргэх хаамтахпына
Хайыан этэй эйигин кууьаммын
Ол киэьэ курдук долгуйан уураатахпына? 

Хайыан этэй этиий миэхэ
Хайыан этэй? 

Эн аттыгар атын олох
Эн аттыгар атын таптал
Эн аттыгар атын дьол кытыла
Ыраахтан кэтээн мин керебун
Ымыы буолбут кунду киьибин
Ынырыахпын туттуна сатыыбын

Хайыан этэй эйигин хаалларан
Хоьун аанын сабан бардахпына
Хайыан этэй кэннибин хайыьан 
Харахтаргын бутэьигин кердехпунэ? 

Хайыан этэй этиий миэхэ...
Хайыан этэй...
Хайыан этэй... 
Хайыан этэй?

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Хайыан этэй" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен