ГлавнаяИсполнителиАйыы УолаЫллаа
название:

Ыллаа


автор:

Айыы Уола


рейтинг: ★★★★★ / 5.2 / 1220 просмотров
Хоспор мин соҕотоҕун чуҥкуйан олороммун,
Эйигин илиибэр ылабын.
Эн кэрэ-нарын ырыаҥ көттүн ыраах сылларга,
Көттүн тохтуур диэни билбэккэ.

Хос ырыата:
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан,
Дьиэрэй, дьиэрэй эн ыраахха.
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан,
Дьиэрэй, дьиэрэй, мин гитарам,
Дьиэрэй, дьиэрэй, мин гитарам...

Оргууй илиибэр ылан, кылыстаргын тардыалаан,
Араас дорҕооннору таhаарабын.
Ыллаа эн миэхэ, ыллаа эдэр саас ыллыыр ырыатын,
Ыллаа, көтүт ыраах саҕахха.

Хос ырыата:
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан,
Дьиэрэй, дьиэрэй эн ыраахха.
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан,
Дьиэрэй, дьиэрэй, мин гитарам,
Дьиэрэй, дьиэрэй, мин гитарам...

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Ыллаа" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен