ГлавнаяИсполнителиНеизвестенЭйиигинэ суох сылдьарбар
название:

Эйиигинэ суох сылдьарбар


автор:

Неизвестен


рейтинг: ★★★★★ / 5.2 / 1181 просмотр
Эйиигинэ суох сылдьарбар
Мин ханна да буолларбын
Дууһабар кураан
Олох кэрэ минньигэс
Түгэннэрин мин көрсөрбөр
Дууһабар кураан

х/ы:
Маҥнайгы тапталым
Ахтабын эйиигин
Бастакы үҥкүүм эйиигинниин
Биир күндү күнүм
Кылааска турарбыт
Кыбыстарбын мин кэмсинэбин.
Суох да буолууй эн мин аттыбар
Буолаҕын эн мин тапталлааҕым
Ырыа айабын тоҕо эрэ
Хоһуйабын туох баар ырыабар
Эйиигин эрэ, эйиигин эрэ.

Олохпуттан мин кэпсиирбин
Ким туһунан суруйарбын
Баҕар эн өйдүөн
Эйиигин таарыйар тыллар
Бу мин кылгас хоһооммор
Олус элбэхтэр

х/ы:
Маҥнайгы тапталым
Ахтабын эйиигин
Бастакы үҥкүүм эйиигинниин
Биир күндү күнүм
Кылааска турарбыт
Кыбыстарбын мин кэмсинэбин.
Суох да буолууй мин махтанабын
Буолаҕын эн мин тапталлааҕым
Ырыа айабын тоҕо эрэ
Хоһуйабын туох баар ырыабар
Эйиигин эрэ, эйиигин эрэ.

Маҥнайгы тапталым
Ахтабын эйиигин
Бастакы үҥкүүм эйиигинниин
Биир күндү күнүм
Кылааска турарбыт
Кыбыстарбын мин кэмсинэбин.
Суох да буолууй эн мин аттыбар
Буолаҕын эн мин тапталлааҕым
Ырыа айабын тоҕо эрэ
Хоһуйабын туох баар ырыабар
Эйиигин эрэ, эйиигин эрэ.

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Эйиигинэ суох сылдьарбар" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен