ГлавнаяИсполнителиЛэгэнтэйАттаахпын! Саалаахпын! Быhахтаахпын!
название:

Аттаахпын! Саалаахпын! Быhахтаахпын!


автор:

Лэгэнтэй


рейтинг: ★★★★★ / 5.2 / 1235 просмотров
Үчүгэй киэҥ бүтэй иһигэр
Кыс тымныы уораанын кэмигэр
Хоту тыал айаннаах санатын
Кэпсиирин истиэххэ кэрэтиэн!

Уол оҕо буолаҥҥын аттааххын
Эрэллээх эстигэн саалааххын!
Өбүгэҥ бэлэҕэ быһахтаах
Түргэн-бэргэн сып-сытыы САХА5ЫН!
Удьуордаах эн тымныы ыччаккын!

Эн аҕаҥ алгыһын иҥэрбит
Элбэҕи суулларбыт-аһаппыт
Бу хаҥас санныгар саалааххын
Байанай туруорар - бааттааххын!

Уол оҕо буолаҥҥын бааттааххын
Эрэллээх эстигэн саалааххын!
Өбүгэҥ бэлэҕэ быһахтаах
Түргэн-бэргэн сып-сытыы САХА5ЫН!
Удьуордаах эн тымныы ыччаккын!

Киириилээх-тахсыылаах буолаҥҥын
Кытаанах илиигэр килбэйэр
Өбүгэҥ хатарбыт биилээҕэ
Хаан аймах киэҥ туттар быһаҕа!

Уол оҕо буолаҥҥын аттааххын
Эрэллээх эстигэн саалааххын
Өбүгэҥ бэлэҕэ быһахтаах
Түргэн-бэргэн сып-сытыы САХА5ЫН!

Уол оҕо буолаҥҥын аттааххын
Эрэллээх эстигэн саалааххын!
Өбүгэҥ бэлэҕэ быһахтаах
Түргэн-бэргэн сып-сытыы САХА5ЫН!
Удьуордаах эн тымныы ыччаккын!
Түргэн-бэргэн сып-сытыы САХА5ЫН!

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Аттаахпын! Саалаахпын! Быhахтаахпын!" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен