ГлавнаяИсполнителиJEADAДойду Биир Эрэ
TOP песен исполнителя
"JEADA"
    название:

    Дойду Биир Эрэ


    автор:

    Jeada


    жанры: hip-hop, rap
    рейтинг: ★★★★★ / 5.5 / 1519 просмотров
    "Дойду биир эрэ" Джида
    
    П-в Барыта кэрэ биир эрэ баар саха сирэ
    Ол эрээри өйдөө дойду биир эрэ
    Ол эрэн эйигин туппата дойду
    Баара-суоҕа биир эрэ саха сирэ дойду
    
    1. Сахаҕа дойду биир эрэ ол Саха сирэ
    Бастакы - дойдуну атыылыыр
    Иккис - көhөр, үhүс - булар мантан ордук уйаны
    Харчы үлэ ситэ сахабын диэмэ
    Бириэмэ уларыйар өрө тахсан иhиэххэ наада
    Төhө да ырааттаргын алааскын умнумуоххун наада
    Дойду таhыгар баран тугу булаҕыт эhи, ама тэhийэҕит?
    Кэрдэҕит бэйэҕит олорор маскытын
    Таҥнараҕыт атаскытын
    Саха саханы хатыйыма диэн этии баара
    Ол арааhа билигин умнулунна
    
    2. Бэйэм дойдубун уратыттан араарабын
    Өссө биир сөмөлүөтү соҕуруу атаарабын
    Дойдубун сөбүлүүбүн, ол иhин акаарыбын
    Бээрэ, тохтоон бары, мин өйүм таабырын
    Суох сахам сириттэн ураты дойду 
    Хаhан да этиэм суоҕа: тапталым сойдо
    Эн өйдөө өскөтүн тиийбэтибит мөлуйуөҥҥэ
    Бары тарҕаhан баран кубулуйабыт тумаҥҥа
    Ол иhин сэлэhэ туруом суоҕа
    Биэстэн биир мантан бара туруоҕа
    Өйдүөҕэ дуо сыыhатын? арааhа суох
    Саха кэрэ ол эрээри биир эрэ
    
    Дойдугутун атастаhымаҥ
    Сөптөн хаhан да саhымаҥ
    Уратыны кытары аргыстаhымаҥ
    Өйгүтүн сааhылааҥ уонна этиҥ
    САХА СИРЭ БИИР ЭРЭ!

    Послушать/Cкачать эту песню
    Mp3 320kbps на стороннем сайте
    Это интересно: 2000 год. После плодотворного сотрудничества с рэппером и битмейкером Сэйфом (SAFE – Александр Васильев), на свет выходит неофициальный русскоязычный альбом Джиды «Союз Двух Микрофонов». В это же время Джидой создается команда «StreetFlame» (JEADA/ЭгМа/5ak/Купер), но этот виток продолжался недолго. В силу вступал XXI век, нужен был переворот. Джида начинает сольную карьеру и пишет уже на... подробнее
    А как ты думаешь, о чем песня "Дойду Биир Эрэ" ?
    2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен