ГлавнаяИсполнителиАйыы УолаУол о5о сурэ5э
название:

Уол о5о сурэ5э


автор:

Айыы Уола


рейтинг: ★★★★★ / 4.9 / 909 просмотров
Өйдүүгүн дуо эн
Ханна аан бастаан
Кыракый уолчаанныын
Көрсөн билсиспиккин?

Хос ырыата:

О, онно этэ
Уол оҕо сүрэҕэ
Дьоллоохпун диэбитэ,
Күүскэ тэппитэ.

Өйдүүгүн дуо эн
Бастакы суругун
Долгуйан олоро
Суруйбут тылларын?

Хос ырыата.

О, онно этэ
Уол оҕо сүрэҕэ
Дьоллоохпун диэбитэ,
Күүскэ тэппитэ.

Онтон өйдүүгүн дуо
Ол сааскы киэһэни
Уолчааҥҥын албыннаан
Атынныын барбыккын?

Хос ырыата:

О, онно этэ уол оҕо сүрэҕэ
Кыланан ылбыта,
Хомойон ытыыра.
О, онно этэ 
Уол оҕо ытыыра,
Хараҕын ууларын
Кыайан туппатаҕа.

Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Уол о5о сурэ5э" ?
2010-2020 © WebKind.Ru Тексты песен